Илин эңэр улуустар олохтоохторугар аналлаах сахалыы тыллаах бастакы чааhынай сайт үлэтин сађалаата.
Бу сайт анала диэн тугуй?
Хас биирдии Илин-Эңэр улуустарга олорор киhи, ођотуттан—улахан киhитигэр тиийэ, түөлбэлээн олорор сирин билиэхтээх. Бу, өрүстэр кирбиилиригэр, ханнык улуустар баалларын, кинилэр хастыы нэhилиэктээхтэрин, ким диэн ааттаахтарын, нэhилиэнньэтин ахсаанын, нэhилиэктэр территорияларын онтон да атын даннайдары билиэххит.
Холобур: Таатта улууhун Чөркөөђүн дьон барыта билэр буолуохтаах, ол гынан баран нэhилиэгин аата «Октябрь» диэнин элбэх киhи билбэтэ буолуо диэн сэрэйэбин. Дьэ оннуктары быhаарарга бу сайт улахан көмөлөөх буолуођа.
Хас биирдии нэhилиэк ахсын араас талааннаах дьоннор бааллара биллэр. Оннук дьонноргутун хаартыскалаан, суруктаан-бичиктээн бу сайтка таhаартарыаххытын сөп.
Ону таhынан араас биллэриилэри бу страница5а киирэн суруйуоххутун соп: Суругунан биллэрии.
Бу главнай страницађа хас биирдии улууска биирдии күннээх погода информера баар буолуо. Онтон улууска бэйэтигэр аналлаах страницађа 5 күннээх погода информера тахсыађа.
Биэс Илин Эңэр улуустарга бүгүңңү күн—дьыл туруга.
|